Саха сирин спортсмена ММА-ҕа Москва кубогын призера буолла

«Ураанхай» спортивнай-патриотическай кулууп спортсмена Василий Сергеев ММА-ҕа Москва кубогар боруонса мэтээли ылла. Бу туһунан «Спорт Якутии» иһитиннэрэр.

Спортсмен 65,8 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа кыттыбыт, үс киирсииттэн иккитин кыайбыт.

Василий Сергеев спортивнай миксфайтка РФ спордун маастара, Россия чемпиона.