Саха сирин спортсменнара «Азия оҕолоро» оонньуулар хайыһар күрэҕэр үс мэтээли аҕаллылар

«Азия оҕолоро» II кыһыҥҥы спортивнай оонньуулар хайыһар күрэҕэр Саха сирин спортсменнара үс мэтээли ыллылар.

Ол курдук, Инна Рыбкина 1300 миэтирэ уһуҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли ситистэ. Вадия Ширяев иккис миэстэ, оттон Вадим Кривоногов үһүс миэстэ буолла.