Саха сириттэн сылдьар Россия Дьоруойдара дойду бэрэсидьиэниттэн «Кыһыл көмүс» мэтээл туттулар

Ахсынньы 9 күнүгэр, Аҕа Дойду Дьоруойун күнүгэр, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Россия Дьоруойдарыгар «Кыһыл көмүс» мэтээли үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Бу тэрээһиҥҥэ байыаннай сулууспалаахтар, хорсун быһыыны оҥорбут дьон ол иһигэр Саха сириттэн сылдьар Россия Дьоруойдара Александр Колесов, Алексей Неустроев, Филипп Евсеев, Игорь Юргин уонна Николай Евдокимов кыттыыны ыллылар.

«Бүгүн Аҕа Дойду Дьоруойун күнүгэр дойдубут туһугар хорсун быһыыны, сүҥкэн кылааты киллэрбит байыастары ахтан санаан ааһабыт. Биһиги дьоруойдарбытын — дойдуга бэриниилээх буолуу, Ийэ дойдуга таптал сомоҕолуур, түмэр. Хас биирдиигитинэн киэн туттабыт», — диэн Владимир Путин иһитиннэрдэ.