Саха тустууктара Белоруссияҕа ыытыллыбыт турнирга кыайдылар

Саха бөҕөстөрө Ньургун Скрябин уонна Владислав Андреев Белоруссияҕа Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа, генерал-лейтенант Дмитрий Карбышев кэриэһигэр ыытыллыбыт турнирга кыһыл көмүс мэтээллэри ылары ситистилэр. Бу туһунан «Спорт Якутии» иһитиннэрэр.

Күрэхтэһии Гродно куоратка норуоттар икки ардыларынааҕы стартарга кыттар тустууктар күрэхтэһэр практикаларын чэрчитинэн ыытылынна. Бу тустууктарга коронавирус пандемиятын кэнниттэн бастакы күрэх буолла.

Турнирга Белоруссия, Россия, Армения уонна Литва спортсменнара кыттыыны ыллылар.