Сахалар пауэрлифтиҥҥа Россия күрэхтэһиитин уонна кубогын мэтээллэрин ыллылар

Сахалар көрбөт уонна тирэнэр-хамсанар систиэмэлэрэ мөлтөх спортсменнар икки ардыларыгар пауэрлифтиҥҥа бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиигэ ситиһиилэннилэр. Бу туһунан «Спорт Якутии» иһитиннэрэр.

«Пауэрлифтиҥҥа Россия күрэхтэһиитигэр 56 киилэҕэ диэри категорияҕа Тускулаана Потапова бастаата; Айаал Данилов (60 киилэҕэ) үрүҥ көмүс мэтээли ылла, Сергей Безносов эмиэ ити категорияҕа үһүстээтэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. 

Ону тэҥэ Россия кубогар Елена Тарасова 86 киилэттэн үөһээ категорияҕа боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна.

Россия кубогар Россия 42 субъегыттан 150 спортсмен кытынна. Россия күрэхтэһиитигэр 28 регионтан 70 спортсмен күрэхтэстэ.