Сарсын «Эйгэ» биэриини көтүтүмэҥ

«Эйгэ» үөрэххэ аналлаах биэриигэ:

Саха сирин оҕолорун картатын туһунан билиһиннэриэхпит — хас саастарыттан, ханнык эбии үөрэххэ туһаныахха сөбүн.

Ону тэҥэ Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах Россияҕа саамай улахан Адаптивнай үөрэх комплексын туһунан репортаж тахсыаҕа.

Бу күннэргэ физика нэдиэлэтэ саҕаланар — ыытыллар тэрээһиннэри билиһиннэриэхпит.

Оскуола бизнес-инкубатордара ситиһиилээх оҕолору иитэн таһаараллар — бу барыта «Эйгэ» биэриигэ.

Интэриэһинэй, туһалаах тиэмэлэри «Эйгэ» биэриигэ быһа эпииргэ сарсын 12:15 чаастан көрөргүтүгэр ыҥырабыт🤩🙌