Сунтаарга халааны утары күргүөмнээх үлэ барар

Быйыл хаар элбэх буолан халаан уутуттан эмсэҕэлээччи элбэх. Бу өрөбүллэргэ күүскэ ириэрэн суол-иис алдьанан, дьиэ-уот ууга барыыта улахан кыһалҕаннан турда. Күн бүгүҥҥэ диэри олохтоох дьаһалтаҕа сайабылыанньалар киирэ тураллар.

Улуус дьаһалтатын эр дьоно субуотунньукка тахсан ханаабалары ыраастыыллар, ууну ыыталлар. Маннык үлэ нэдиэлэ устата барыаҕа.