Сунтаарга Кыайыы 80 сылыгар көрдүүр-чинчийэр үлэлэр ыытыллаллар

Кыайыы 80 сылыгар аналлаах кэскиллээх үлэлэр олус элбэхтэр. Сунтаарга «ϴлбɵт мэҥэ пуолка», «ϴйдɵбүнньүк вахтата», «Сааһырбыт хаартыскалар» о.д.а. үйэлээх үлэлэр бу күннэргэ күүскэ ыытыллаллар. 

Сунтаар Оҕо дьоҕурун сайыннарар киинэ Кыайыыны уһансыбыт буойуттар ааттарын үйэтитэр сыаллаах дириҥ ис хорутуулаах үлэни ыытар. «ϴйдɵбүнньүк вахтата» диэн Дойду таһымнаах анал үлэни кэҥэтэн биэс хайысханан үлэлиир.

Сунтаар киин бибилэтиэкэтэ Кыайыы 80 сылыгар үлэтэ эмиэ киэҥ. «ϴлбɵт мэҥэ пуолка», Кыайыы библиографическай ыйынньыга, нэһилиэк бары бибилэтиэкэлэрэ улуус хаһыатыгар «Сунтаар сэрии сылларыгар» ыстатыйалары таһаараллар, араадьыйаҕа кэпсииллэр, ону таһынан «Саһарбыт хаартыскалар» кэпсээннэрин куйаар ситимигэр киллэрллэр.

Бу күннэргэ Сунтаар «Сонор»  кɵрдүүр-чинчийэр этэрээтэ тɵрдүс тɵгүлүн Старай Руссаҕа турунна. Бу сырыыга кэлэр-барар айан суолларын үбүн ыччат бэлиитикэтин салалтата уйунан улахан кɵмɵ буолла.