Сунтаарга 10 кылаас уолаттарыгар байыаннай олоххо үөрэтэр 5 күннээх хомуур саҕаланна. Уопсайа 111 уол оҕо хабылынна.
Хас биирдии оҕо маһынан Калашников аптамаат оҥостон, 5 күннээх байыаннай үөрэххэ улаханнык бэринэн-тэринэн кэлэр.
2004 сылтан Уустуйа оскуолатын баазатыгар 5 күннээх байыаннай үөрэххэ улуус бары уолаттара уһуйуллаллар.
Эрдэ турууттан саҕалаан, построения, араас хабааннаах үөрэхтээһин, караул, аптамааты ыһыы-таҥыы, бастакы көмөнү оҥоруу барыта манна баар.
Сыл аайы бу үөрэхтээһиҥҥэ Сунтаар Ис дьыалатын отдела көхтөөх кыттыыны ылан лекция ааҕар, сэрэтэр үлэни ыытар.
Кэнники сылга Дойдубут дьоруойдарын үйэтитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Быйыл анал байыаннай дьайыы байыастарын төрөппүттэрэ биэс бириис туруоран күрэс тэрийиэхтэрэ.








