Сунтаарга оҕону ырыа нөҥүө патриот буоларга иитэллэр

Сунтаар улууһун В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатыгар иккис сылын хор күрэһэ ыытыллар.

Ылланар ырыалар барыта патриотическай ис хоһоонноохтор. Онон күрэс ыччат дьон төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буола улааталларыгар тирэх буолар.