Сунтаарга саха тылын сайыннараллар

Сунтаар улууһугар быйыл төрөөбүт төрүт тыл сылынан биллэриллибитэ.

Ыччат дьон сахалыы саҥарарыгар, санаатын сайа этэригэр оҕо дьоҕурун сайыннарар киин уонна Сунтаар гимназията «Айымньылаах ийэ тыл» диэн барыл суруйууга тэрээһин ыыттылар.

Бырайыак ааптара Августина Попова — оҕо дьоҕурун сайыннарар киин эбии үөрэхтээһинин педагога.

Сунтаар нэһилиэгин уонна Хочо нэһилиэктэрин 7-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ сэттэ хамаандаҕа арахсан араас ис хоһоонноох барылы суруйан көмүскээтилэр.

Бииртэн биир ураты көрүүлээх, саха тылын сайдыытыгар туһаайыллар барыллар аны олоххо киирэллэригэр күүстээх үлэ ыытыллара былааннанар.