Сууккаҕа 10 тыһыынчаттан тахса га иэннээх ойуур баһаарын умуруордулар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 10 тыһыынчаттан тахса га иэннээх ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан Россия ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Авиалесоохрана суһал дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 18 ойуур баһаара баар, суукка иһигэр уопсайа 10 863 га иэннээх сиргэ аҕыһы умуруордулар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Маны таһынан, Бүлүү оройуонугар 10 килэмиэтирдээх балаһаҕа биир бохсуллубут баһаар баар.

Уус Маайаҕа күүстээх үлэ ыытыллар, онно биэс сиргэ умайыы бэлиэтэнэр.

«Бүгүҥҥү туругунан, «Полярные авиалинии» авиа хампаанньа биэс салгын суудуната салгыы үлэлиир, Россия ЫБММ-тин Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киинин Ми-8 бөртөлүөтэ бэлэм», — диэн пресс-сулууспа чуолкайдаан эттэ.