СВО-ҕа байыастарга Саха сириттэн 102 баһыылканы туттардылар

Анал байыаннай дьайыыга Саха сирин тирэх пуунун үлэһиттэрэ нэдиэлэ иһигэр байыастарга 102 баһыылканы туттардылар. Бу туһунан Юстас диэн позывнойдаах тирэх пууннар сүрүн координатордара иһитиннэрдэ.

«Биһиги үлэһиттэрбит нэдиэлэҕэ 11 айаннаан Саха сириттэн сылдьар 41 байыаһы кытта көрүстүлэр», — диэн Юстас эттэ.

Сүрүн координатор бэлиэтииринэн, отчуоттанар нэдиэлэ иһигэр өрөмүөн бөлөҕүн исписэлиистэрэ түөрт тырааныспары өрөмүөннээтилэр, ол иһигэр «УАЗ» массыыналары уонна «Якт-Сокол» квадроцикллары.

Билиҥҥи кэмҥэ механиктар өссө 12 тырааныспары өрөмүөннүү сылдьаллар.

«Ону таһынан, тирэх пуун үлэһиттэрэ анал байыаннай дьайыы балаһатыгар Үөһээ Бүлүү, Томпо, Бүлүү уонна Уус Алдан улуустарын дэлэгээссийэлэрин арыаллыыллар», — диэн Юстас эттэ.

Хаартыска: sakha.gov.ru