СВО-ҕа Саха сирин байыастарыгар саҥа «Сокол» квадроцикллары туттардылар

Анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр саха саллааттарыгар эбии «Сокол» вездеходтары туттардылар.

Бу туһунан сиһилии «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа военкордара кэпсииллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ анал байыннай дьайыыга буола турар сиригэр баар уолаттарбытыгар быыстала суох көмө тиэрдэр. Анал аадырыстаах малтан саҕалаан тиэхиньикэҕэ тиийэ ыыталлар.

Бу күннэргэ Ростов куоракка дьон сэҥээриитин ылбыт «Сокол» вездеходтары аҕалан, Саха саллааттара сулууспалыыр этэрээттэригэр эбии туттардылар.

Биир дойдулаахтарбытын кытта истиҥ көрсүһүү, кэпсэтии таҕыста. Саллааттар махтанан, Россия Федерациятын Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, бырабыыталыстыба  бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Федотовка бэйэлэрин былаахтарын бэлэх ууннулар.

Кыайыыны уһанса сылдьар уолаттарбытыгар маннык болҕомто олус наадалаах. Сотору кэминэн Саха саллааттарыгар анаан төрөөбүт дойдуларыттан сахалыы астаах, сылаас таҥастаах Саҥа дьыллааҕы бэлэх ыыталлара күүтүллэр.

Ростовтан Николай Бястинов уонна Петр Шестаков.