СВО бэтэрээнэ Руслан Ильин — Амма улууһун сэбиэтин депутата

Амма улууһуттан Алтан сэлиэнньэттэн төрүттээх СВО кыттыылааҕа Руслан Ильин оройуон сэбиэтин депутата буолар уонна нэһилиэгин олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар. Демобилизацияланан баран СӨ ОДьКХ олохтоох салаатыгар уот ситимин көрөр-истэр слесарь быһыытынан үлэлиир. Кини олоҕун уонна үлэтин туһунан «Амма олоҕо» хаһыакка кэпсээбиттэр.

Руслан Егорович — түөрт 18 саастарын ситэ илик оҕону иитэр элбэх оҕолоох аҕа. Кини дьиэ кэргэнэ уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттар: кэргэнэ Ирина Андреевна ТОС диэн түөлбэнэн бэйэни салайынар «Чараҥ» тосхолу уонна «Чэбдик» диэн доруобуйаларыгар хааччахтаахтар уопсастыбаларын салайар.

«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа бэлиэтииллэринэн, Руслан Ильин холобура Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрин өттүттэн СВО бэтэрээннэрин өйөбүл дьоһун суолтатын көрдөрөр. Саха сиригэр бу хайысханан үлэҕэ киириигэ, идэҕэ үөрэниигэ көмө бырагыраамалар тохтоло суох үлэлииллэр. Бырагыраамалар дойду көмүскээччилэрэ мииринэй олоххо төннөллөрүгэр уонна олорор сирдэринэн үлэ миэстэтин буллалларыгар көмөнү оҥороллор.

Бу иннинэ Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар бэлиэтээн турардаах — СВО кыттыылаахтарын социальнай адаптациялара биир сүрүн сыал-сорук буолар.

Хаартыска: sakha.gov.ru