Төлөпүөнү тохтот – хайыһарынан дьарыктан!

М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар «ГТО: формула здоровья и силы» бырайыак чэрчитинэн ГТО нуорматын туттарар сааскы бэстибээлгэ бэлэмнэнии саҕаланна.

ГТО нуорматын туттарарга талар биир көрүҥүнэн хайыһарынан сүүрүү буолар. Бу көрүҥү саас эрэ туттарыахха сөп. Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын көмөтүнэн, быйыл оҕолор саҥа хайыһардары кэтэн тахсыахтара. Билигин саҥа хайыһардар баар буоланнар, оҕолор дьаныардаахтык эрчиллэллэр, физкультура уруогун олус күүтэллэр.

Оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар хайыһар олус туһалаах көрүҥ буолар. Хайыһар спорда иммунитеты, координацияны уонна эмоциональнай туругы эмиэ сайыннарар. Билигин саҥа хайыһардар көмөлөрүнэн ГТО нуорматын туттарыы үгэскэ кубулуйуоҕа.

Бырайыак бэрэсидьиэн граннарын пуондатыттан көрүллэр үбүнэн олоххо киирэр.