Таатта олохтооҕо мандарин үүннэрэр

 

Таатта улууһун Чөркөөҕүн олохтооҕо Гаврил Захарович Баев былырыын саас Аллараа Бэстээхтэн кэргэнигэр Феврония Егоровнаҕа мандарин маһын атыылаһан аҕалбыт. 

Саха сиригэр сонун үүнээйи сыыйа ас кутан барбыт. Бастакы мандарин аһыы эбит, кэлин саахардаах уу кутар буолан, минньийбит. Онон быйыл Саҥа Дьылга бэйэлэрин мандариннарын сиэбиттэр.