Таатталар СВО-ҕа кыттар биир дойдулаахтарын өйүүллэр

Араас эйгэҕэ үлэлиир, ииһи кэрэхсиир далбар хотуттар «Харыстаана» түмсүүнү тэриммиттэрэ икки сылтан орто.

Бу кэм устата анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар үтүмэн элбэх «Эр хоһуун» кэмпилиэгин тигэн ыыттылар.

Иискэ туттуллар массыыналарын дьиэлэриттэн аҕалан, туттар тэриллэрин бэйэлэрэ хааччынан, дьиэ-уот, үлэ түбүгүттэн быыс булан бары да байыастар эрэ этэҥҥэ сырытталлар диэн түбүгүрэллэр.

Бу күннэргэ түмсүүгэ «Тааттаавтодор» тэрилтэ (салайааччы — И.И. Бочонин) араас матырыйаалы, иистэнньэҥнэр саамай наадыйар оверлок массыыналарын бэлэх уунна.