Үйэ чиэппэрин иһигэр Саха сиригэр дьон олоҕун уһунун орто көрдөрүүтэ 10 сылынан эбилиннэ – Росстат ону бигэргэтэр. 2000 сыллаахха дьон олоҕун уһуна 63 саас эбит буоллаҕына, билигин 73 буолла.
Ол аата саастаах дьон элбиир, кинилэри көрүү-истии, олохторун таһымын үрдэтии – судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин тутаах хайысхатынан буолуохтаах.
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар 2030 сылга Саха сиригэр олох уһунун орто көрдөрүүтэ 80 саас буолуоҕа диэн эппитэ. Ол аата биһиги итиниэхэ бэлэмнээх буолуохтаахпыт. Кырдьаҕастарбыт олохторун хаачыстыбатыгар сүрүн болҕомто ууруллуохтаах.
Маныаха социальнай өйөбүл хайдах уларыйыахтааҕый? Туох саҥа усулуобуйа тэриллиэхтээҕий? Кырдьаҕастар дьиэлэрэ элбиэхтээх дуо? диэн «Талбан» саҥа таһаарыытыгар кэпсэттибит, Саха сирин олохтоохторо кырдьаҕастар интэринээттэригэр сыһыаннара төһө уларыйбытын ырыттыбыт.
https://youtu.be/S3tE2Xo8uBg








