Тас дойдуга олорор Россия биэнсийэлээхтэрэ төлөбүрдэрин толору ылыахтара

Россияттан төрүттээх тас дойдуга сиригэр олорор биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин толору кээмэйин ылыахтара. Бу туһунан Россия үлэҕэ уонна социальнай харысхалга министиэристибэтэ бэйэтин Telegram ханаалыгар иһитиннэрбитэ.

«Тас дойдуга олорор биэнсийэлээхтэр тас дойдулар бааннарыгар баар счеттарыгар харчыны салгыы ааҕыахтара», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, кыраныысса таһыгар олорон, биэнсийэлэрин «Сбербанк» баан счетугар да ылааччылары санкция хаарыйбатах. Атын дойдуга каарталар үлэлээбэттэр эрээри, төлөбүр баан счетугар түһэр. ону салгыы онлайн атын каартаҕа көһөрөн туһаныахха сөп.