Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 0,6% үрдээбит

Саха сиригэр 2020 сыл төрдүс кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 17 824 солкуобай буолбут, ол аата үһүс кыбаартал көрдөрүүтүттэн 0,6% үрдүк. Бырабыыталыстыба дьаһалыгар сурулларынан, үлэһит дьоҥҥо алын кээмэй — 18 853 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 14 277 солкуобай, оҕолорго — 18 652 солкуобай буолбут. 2020 сыл үһүс кыбаарталыгар ортотунан 17 721 солкуобай этэ.