Тоҕус ойуур баһаара умуруорулунна

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 1926 га уопсай иэннээх тоҕус ойуур уотун умуруордулар.

Бүгүҥҥү күн көрдөрүүтүнэн, 2678 га иэннээх 23 ойуур баһаарын буллулар.

Маны таһынан 19 тыһ. га иэннээх 7 ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр, ол иһигэр Өлүөхүмэ улууһугар 18 тыһ. га иэннээх ойуур баһаара.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 130 368,1 га иэннээх 72 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Ол курдук:

Өлүөхүмэ улууһугар – 15
Алдан уонна Томпо улуустарыгар — 10
Нерюнгрига – 9
Кэбээйигэ — 5
Аммаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Муомаҕа, Уус Маайаҕа – 2
Булуҥҥа, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Мииринэйгэ, Намҥа, Өймөкөөҥҥө, Өлөөҥҥө, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга – 1

Үлэҕэ 900 тахса киһи, 59 тиэхиникэ кыттар.