Тохсунньу 30 күнүгэр Саха сирин соҕуруу өттүгэр тыал күүһүрэрин сабаҕалыыллар

Сарсын, тохсунньу 30 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.

«Соҕуруу уонна хотугулуу-илин диэки хаардыаҕа, кытылга, соҕуруу диэки сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ », — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Салгын температурата түүн -32-37° буолуоҕа, халлаан дьайҕарыытыгар -38-43°, хотугулуу-илин диэки сорох сиринэн -45-50°, Халымаҕа, соҕуруу диэки хаар түһэр кэмигэр -25-30°.

Күнүс салгын температурата -27-32° буолуоҕа, соҕуруу, арҕаа диэки сорох сиринэн -20-25°, хотугулуу-илин диэки -37-42°.