«Цифровой алмаз» форумҥа 3600-тэн тахса киһи кыттыбыт

«Цифровой алмаз» үһүс федеральнай форум 3600-тэн тахса кыттааччыны түмтэ. Ити көрдөрүү муҥутуур таһымы куоһарбыта бэлиэтэнэр.

Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Айсен Сергеевич этэринэн, форум түмүгүнэн дойду, биисинэс, нэһилиэнньэ соруктарын толорорго туһуламмыт сыыппара эйгэтин көҕүлээһиннэрэ буолаллар.

«Быйылгы форумга дойду регионнарыттан, тас дойдулартан 3600-тан тахса киһи кыттыыны ылла. Форум тэрээһиннэригэр регионнарга сыыппара эйгэтин сайыннарар  көҕүлээһиннэри, бырайыактары сырдаттылар. Дойду, биисинэс, нэһилиэнньэ соруктарын толорорго сыыппара эйгэтин сайыннарыы наадалааҕын билэбит», — диэн кини бэлиэтээтэ.