Улуу Кыайыы 80 сылынан эҕэрдэлиибит!

Ыам ыйын 9 күнэ биһиги дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит.

Биһиги Ийэ дойдубут чиэһин уонна тутулуга суох буолуутун көмүскээбит буойуннарбыт хорсун быһыыларынан киэн туттабыт.

Аҕа көлүөнэ дьоммут Улуу Кыайыыны уһансыбыттара хаһан да умнуллубатын!

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Баҕарабыт эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү-кэрэни, эйэлээх халлааны!

Улуу Кыайыы күнүнэн!