Уоту сэрэҕэ суох туттууттан үөскээбит ойуур баһаарын ахсаана элбээбит

«Санатан эттэххэ, эрдэ баһаар улахан аҥара этиҥтэн күөдьүйэр буоллаҕына, күһүн баһаар биричиинэтэ дьон-сэргэ уоту сэрэҕэ суох туттуутуттан тахсар. Бүтэһик биэс баһаар киһи буруйуттан буолбута биллэр. Бу булт уонна сир аһын хомуйуу кэмин кытта сибээстээх», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников.

Ойуур баһаардара бары тэйиччи баар буоланнар нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.