Уус Алдаҥҥа саҥа дьиэлэр дьэндэйэллэр

Уус Алдан улууһугар бүтэһик биэс сылга хаарбах дьиэттэн нэһилиэнньэни көһөрүү федеральнай бырагырааманан тэтимнээхтик үлэлииллэр.

Мүрү нэһилиэгэр 2025 сылга диэри 55 хаарбах дьиэни көһөрүүгэ сыал-сорук турарын ситиһэн эрэллэр. Билиҥҥи туругунан биэс элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутуллар. Онтон үһэ быйыл киириэхтээх.

Дьиэлэри тутуу 2022 сыллаахха саҕаламмыта. Саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх дьон саҥа кыбартыыра күлүүһүн тутар үөрүүлээх түгэнин кэтэһэр.