Норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы VIII-с «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар ыытыллаллара аҕыс ый хаалла.
Онуоха оонньуулар өрөгөйүн ырыатын 2004 сылтан бэттэх Уус Алданнааҕы Россия үтүөлээх, көрдөрүүлээх «Кэнчээри» норуодунай ансаамбыла толорон кэллэ.
Василий Парников салайыытынан оҕолор ыытыллыахтаах оонньууларга толорорго бэлэмнэнэр.
Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев оҕо сайдарыгар «Азия оҕолоро» оонньууларын тэрийбит үтүөлээх. Бу аан дойду таһымнаах тэрээһин үтүө үгэскэ кубулуйан, үүнэр сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр эргийэн кэллэ. Тэрээһин өрөгөйүн ырыатын олохтоох ааптардар Галина Иванова тылын суруйбута, Станислав Луковцев матыыбын айбыта. Ону «Кэнчээри» ансаамбыл хас эмэ көлүөнэ оҕолоро толорон кэллилэр. Билигин үөрэнээччилэр күннэтэ бэлэмнэнэллэр, куоластарын чочуйаллар.
Оҕолор ортолоругар бэлиэр улахан сыанаҕа ыллыы үөрүйэхтэр эмиэ бааллар. Оттон бастыҥ көрдөрүүлээх ансаамбыл солбуллубат салайааччыта оҕолортон бэрээдэги, ылсыбыт дьыалаларыгар бэриниилээх буолууну ирдиир. Онон иллэҥ кэмнэрин оонньуулар өрөгөйүн ырыатыгар аныыр оҕолору тэрээһин арыллыытыгар ыллатыах тустаахтар.








