Уус Майаҕа ойуур баһаарын умуруорууга 130-ча киһи уонна 16 тиэхиньикэ үлэлиир

Уус Майа улууһугар уоту утары 129 киһи уонна 16 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан регионнааҕы ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Саха сиринээҕи авиабаза иһитиннэриитинэн, Уус Майа улууһугар алта баһаарга күүстээх үлэ ыытыллар. Уоту умуруорууга 129 киһи уонна 16 тиэхиньикэ үлэлээтэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 51 ойуур баһаара баар, сууккаҕа 790 гектар иэннээх биир уоту умуруордулар.

Чурапчы, Бүлүү уонна Амма улуустарыгар уонча килэмиэтирдээх сиргэ үс ойуур баһаара умайар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаардар тарҕанар кутталлара суох.