Владимир Путин үлэтэ суох дьон босуобуйаларын тэҥнээтэ

Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо тэҥ кээмэйдээх босуобуйа төлөнөрүгэр илии баттаата.

Тустаах докумуону официальнай порталга таһаарбыттар.

Быһаарыы сурукка 2018 сылга үлэтэ суоҕунан ааҕыллыбыт биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьоҥҥо төлөнөр босуобуйа кээмэйэ аҕыс тыһыынчаны куоһарбат этэ, ол эрээри 2019 сыллаахха бу араҥаҕа киирбит дьон босуобуйата 11 280 солкуобайга тиийэ тэҥнэспитэ бэлиэтэгэр.

Ылыллыбыт сокуон дьоҥҥо хаһан үлэтэ суохтар араҥаларыгар киирбиттэриттэн тутулуга суох төлөнөр босуобуйа кээмэйэ уратылаһарын суох оҥорор.