Владимир Солодов: «Арктикаҕа биир да бырааһы сарбыйыахпыт суоҕа»

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов Ил Түмэн сүбэ мунньаҕар, биир да медик миэстэтэ Арктикаҕа сарбыллыа суоҕа диэтэ.

«Арктикаҕа медик үлэтэ сарбыллыа суоҕа диэн бэйэм эппиэтинэһи сүгэн туран, биллэрэбин. Арктика зонатын бары медиктара оннуларыгар хаалан үлэлиэхтэрэ», — диэтэ премьер-миниистир.

Эрдэ биһиги ханаалбыт өрөспүүбүлүкэҕэ быраастар ахсааннара элбиэҕэ диэн тиэрдибитэ.