Военкор Олег Колесов — Талбан СВО сиригэр тиийдэ

НВК «Саха» военкора Олег Колесов-Талбан СВО буола турар сиригэр балаһыанньаны сырдата тиийдэ. Бэҕэһээ кини Саха сириттэн 5 уол сулууспалыы сылдьар взводугар сырытта.

«Уолаттар бэркэ үлэлииллэр, претензия суох. Соругу барытын толорон иһэллэр», — диэбит Барс диэн позывнойдаах хамандыыр.