«Юнармия» байыаннай хамсааһын сүлүөтүгэр бэлэмнэнии саҕаланна

«Юнармия» байыаннай, уопсастыбаннай хамсааһын 8-с патриотическай сүлүөтүгэр бэлэмнэнии саҕаланна.

Балаҕан ыйын 20-22 күннэригэр ыытыллар тэрээһиҥҥэ барыта 20 үөрэх кыһата кыттыаҕа. Оҕолор Калашников автоматын хомуйууга, буулдьанан ытыыга, гиирэҕэ уонна строевой хаамыыга көхтөөхтүк бэлэмнэнэллэр.

Сүлүөт түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ прикладной уонна техническэй көрүҥнэргэ ордук бэлэмнээх хамаандалар быһаарыллыахтара.

Санатар буоллахха, «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо хамсааһына, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүллээһининэн, 2022 сыл от ыйыгар тэриллибитэ.