РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ — РФ бэрэсидьиэнигэр Уһук Илин федеральнай уокурук боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ.
«2024 сыл биһиги дойдубутугар уустук буолла. Сүүс тыһыынчаттан тахса дойду олохтооҕо Россия бэйэтин бас билинэрин туһугар сэп-сэбиргэл илиигэ тутан көмүскүүр. НАТО дойдулара нэһилиэнньэлээх куораттары тоҕута ытыалыыллар, Россияны саансыйаларынан хааччахтыыллар, уопсастыбаҕа утары ыытааһыны, өстөһүүнү киллэрэ сатыыллар.
Ол тухары биһиги бэрэсидьиэммитигэр эрэлбитин сүрэхпитигэр иҥэрэн, төрөөбүт дойдубутун таптаан, бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ, сылаас сыһыаны харыстаан инникибитин диэки дьулуһабыт.
Биһиги биир сомоҕо буолан кыайыы ситиһиэхпит диэн итэҕэйэбит. Саҥа 2025 сыл үтүөнү, дьолу, баҕа санаа туолуутун, эйэни уонна этэҥҥэ буолууну хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ аҕалыа диэн күүтэбит!».








